Page 38 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 38

— Чэ, эрэ, таһаарыахпыт! — диэбиттэрэ оҕолор.
            — Арай биир түөлбэҕэ* хаастар түһэн олороллор үһү. Ол
      олордохторуна, үөһэнэн биир хаас кинилэри үрдүлэринэн
      көтөн кэлэн баран: «Сүүс хаас, дорооболоруҥ!» — диэ-
      бит. Онуоха алларааҥ²ы хаастартан биир хаас хардарбыт:
      «Биһиги сүүс хаас буолбатахпыт. Аны биир биһиги саҕа,
      биһиги аҥаарбыт саҕа, биһиги чиэппэрбит саҕа уонна эн
      бэйэҥ кэллэххинэ, сүүс хаас буолуохпут».
            — Чэ, таайыҥ! Хас хаас түөлбэҕэ түһэн олорор эби-
      тий? Ким урут таһаарбыт миэхэ кистээн кулгаахпар этиэ.
      Сөп дуо? — диэтэ Куонаан. Онуоха бары:
            — Сөп-сөп, — дэстилэр уонна сорохторо төбөлөрүн
      тарбана-тарбана, сорохторо икки ытыстарын холбуу ту-
      тан, толкуйдуу олордулар. Сотору соҕус буолаат, Биэрэ:
            — Мин таһаардым. Этэбин дуо? — диэт, илиитин
      өрө уунна.
            — Мин эмиэ биллим. Сөп-сөп, — диэтэ күлэ-күлэ
      Кылааса.
38
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43