Page 84 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 84

— Тоҥорун-тоҥмотун мин бэйэм да билбэппин. Кыр-
      дьык даҕаны, тураах, улар курдук, «тыс этэрбэһэ» суох.
      Apaaha, атахтара тоҥон эрдэхтэрэ.

            Алёша тураахха ас илдьэн уурар. Эр санаалаах ту-
      рааҕы бары аһынабыт. Өссө тугунан көмөлөһµөххэ сөбүн
      толкуйдуубут.

                                                      Михаил Пришвин

                                    ТИИ¢

            Бүгүн мин хаары оймоон таҕыстым. Тоҕо диэтэххити-
      нэ, хаарга кыракый кыыллар уонна көтөрдөр суолларын
      көрдүм. Бу тииҥ барбыт суола. Манна кэлэн хаарга
      тобулу түспүт. Муох анныттан күһүҥҥү хаһааһын — икки
      эриэхэни булан таһааран сиэбит. Мин хахтарын көрдүм.
      Онтон, уонча миэтэрэ кэриҥин бараат, эмиэ умсубут,
      эмиэ xahaahын таһааран сиэбит. Хаарга эриэхэтин хах-
      тара бу сыталлар. Онтон аҕыйах миэтэрэ бараат, үсүһүн
      xahaahыгаp киирбит. Дьэ дьикти! Бачча халыҥ хаар ан-
      ныттан курдат кини хаhaahын сытынан булан ылбыт.

            Ордук киһи дьиктиргиирэ диэн күһүн эриэхэни ханна
      хаһааммыт сирин ³йд³³н, сыыспакка, хаарга таба түһэрэ
      бэрт! Онон тииҥ өйүн, сатабылын хайдах киһи сөхпөт,
      ордугурҕаабат буолуон сөбүй!

84
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89