Page 9 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 9

Егор Макаров

                              АХТЫЛҔАН

         1. Эн ахтылҕан диэни хайдах өйдүүгүнүй? Дьиэҕиттэн
             ыраата бардаххына, кими, тугу ахтаҕын?

         2. Кэпсээни учуутал ааҕыытыгар болҕойон иһит.
         3. Айымньы сүрүн санаатын кэпсэтис.
         4. Кэпсээнтэн ахтылҕан туһунан этэр тылы, этиини

             бул.

     Уоммуттан эрэ тахсарбын кытта, ийэм өлөн хаалла.
Ол кэнниттэн тута сөрөөн, төрөппүт аҕам миигин үөрэт-
тэрээри, кум-хам тутан илдьэ барда. Инньэ гынан, бэрт
кырабыттан атаахтатан ииппит хараҕа суох аҕам эрэйдээх
сирдьит киһитэ суох ыал устун хаалаахтаата.

     Төрөппүт аҕам аах олохторун, биһиги олохпутунааҕар
төһө да ордугун иһин, мин сөбүлээбэтим. Аҕабар уонна
сайылыкпар курдаттыы тартара сылдьабын. Түүн аайы
аҕабын санаан ытаан тахсабын.

     Күһүн хаар түспүтүн кэннэ, аҕабын уонна сайылыкпын
санаатым да, күрээн хааллым. Адаар мастардаах алаас
омоох суолунан үс көс* сири сүүрүүнэн түһүнэн кэбис-
тим. Киэһэ хойут сайылыкпар тиийэн кэллим. Алааһым,
имириир тыыннаах эстибитин курдук, курус дьүһүннэммит.
Арай онон-манан кыра сүөһүлэр эрбэһин төбөлөрүн сиэри
хаампыт суоллара хаарга бааччахайдаммыттар.

     Сиргэ сиҥнэн иҥнэри барбыт титиикпин өҥөс гынан
көрдүм. Титиик ортотугар биһиги икки борооскубут эрэй-
дээх, моой-моойдоругар төбөлөрүн туора уурсан, түөрт
атахтарын түөрэ үктээн, тоҥон өлөөрү тураллар эбит. Мин
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14