Page 13 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 13
Ол онтон сайдаллар
Хотугу норуоттар.
Хотугу дойдубут —
Барыбыт биир кииммит,
Хотугу кыраайбыт —
Барыбыт кэскилбит.
Николай Габышев
БААИ ДОЙДУЛААХПЫТ
1. Саха сиригэр олорбот дьон туох диэн ыйытар
эбиттэрий?
2. Күндэлэй хоруйун болҕойон хат аах. Кэпсэт.
3. «Күндэлэй биһикки дойдубут» диэн тиэмэҕэ аах-
пыттан суруй.
— Саха сирэ, Якутия, «якутская землица», Лена, Бүлүү,
Алдан, Муустаах байҕал кыраайа — муус-чэҥ дойду, хайа
кыһыҥҥыт тоҕус ый дии, туох үүнүөй, тымныыгыт 70 кы-
раадыс, итиигит 35 кыраадыс буолар, силлиэ-буурҕа тү-
һэр, хайа үрүҥ эһэлэргит, киһи мунар аар тайҕаҕыт, иччи-
тэх, амырыын тунаарыйар туундараҕыт — хайдах тулуйан
олороҕут? — диэн ыйытааччылар.
Күндэлэй аҕыйах тылынан быһаарар:
— Сахабыт сирэ — баай, кырдьык, тымныы, хаҕыс,
кыстыырга кытаанах. Күндү түүлээхтээх тайҕабыт — ССРС
ойуурун 15 бырыһыана, сэттэ гыммыт биирэ. Эмис үрүҥ
балыктаах биир мөлүйүөн кэриҥэ күөллээхпит, мөлүйүөн
аҥаара өрүстээхпит, оттон ордук чуолкайдык эттэххэ —