Page 12 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 12

Андрей Кривошапкин

              ХОТУГУ ДОЙДУБУТ

1. Хоһоону учуутал ааҕарын болҕойон иһит.
2. Эн хараххар тугу ойуулаан көрдүҥ? Кэпсээ.
3. Ааптар тугунан киэн туттарый? Хоһоон тылынан эт.
4. Хоһоон бүтэһик түөрт устуруокатын туһунан санаа-

   ҕын үллэһин.

                Бааллырар долгуннаах
                Хотугу муораттан
                Буурҕалаах туундарам
                Силбэһэр тардыылаах.

                Туундара кэнниттэн
                Баараҕай көстүүлээх,
                Баайынан иитинэр
                Күөх тайҕа кэлиэхтээх.

                Суһумнуу бу турар
                Дьүкээбил дойдута,
                Сир баайын мунньаллар
                Дьиктилээх очуостар.

                Эрэллээх эбээннэр
                Наар манна мусталлар,
                Ыалдьыты дьиэлээхтэр
                Истиҥник кууһаллар.

                Нуучча буол, саха буол —
                Хоту сир эн дойдуҥ,
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17