Page 10 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 10

диэки өлбөөрбүт харахтарынан эргиллэн көрөн бараннар,
сэниэтэ суоҕунан мэҥирээн бөөҕүнэстилэр. Эрэйдээхтэр,
эмиэ мин курдук, сайылыктарын ахтан кэлээхтээтэхтэрэ.

     Мин түптэ күлүттэн көмөр булан, титиик хаптаҕай
өһүөтүгэр: «Борооскуларбыныын сайылыкпытын ахтан кэ-
лэн, ытастыбыт», — диэн суруйан кэбистим. Онтон бо-
рооскуларбын үүрэн, үрэх Күөрэ ыалыгар, Мэхээстээххэ,
бардым.

     Тиийбитим, аҕам эрэйдээх сүүһүгэр тайаҕын тирээн
токуллан олорор эбит. Мин борооскуларбын илдьэ кэл-
биппин истээт, күө-дьаа буола түһээхтээтэ. Онтон усту-
нан сүөһү да, син киһи курдук, төрөөбүт сирин ахтарын
туһунан кэпсээн барда. Онтон иилэ хабан ылан Мэхээс
оҕонньор:
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15