Page 15 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 15

та үүнэр баай. Төһө да бултаа — билигин Саха сиригэр
саарба баар. Кылбаа маҥан кырсабыт — туундараҕа,
Муустаах байҕал улахан арыыларыгар көһө сылдьар, са-
һыл, кырынаас баардыҥы, оттон андаатары, тииҥи ситэн
аахпаккын...

     Айахпытыгар сиир эттээхпит, айанныыр аттаахпыт, та-
балаахпыт, ыт көлөлөөхпүт...

     Бурдук, оҕуруот аһа да үүнэр... Тэллэй дэлэй, отон
да сөбүн баар. Сыалаах эти сиэ — тоҥмоккун. Түүлээх
таҥаһы тиктэбит... Хаара эмиэ туһалаах. Арай сааспы-
тыгар ханнык да арыгыны оҥорботохпут, хата, хатан кы-
мыстаахпыт.

     Үйэ-саас хоту олоро үөрүйэхпит, Марска көтөр кос-
монавтар тымныыны тулуйарга биһигиттэн үөрэниэхтэрэ.
Учуонай сахалары: «Сибиир тимир дьоно», — диэбитэ.
Син бөҕө-таҕа уонна хатан хатарыылаах буолуохпут...

     Ол эрээри биһиги — Сибиир сымнаҕас, эйэҕэс саха-
ларабыт. Үрүҥ сиргэ үөрэ-көтө олорор үтүмэн баайбыт —
үтүө, ыалдьытымсах майгыбыт.

     — Хоту бэйэбит көһөн кэлбиппит. Хоту олорору таптаа-
тыбыт, — диир Күндэлэй. — Хоту олордор олоруохпут!

         Төрөөбүт сириҥ, алааһыҥ эбэтэр уулуссаҥ туһунан
         кэпсииргэ бэлэмнэн.

                           Толкуйдаа. Тобул

                               Төрөөбүт дойдугун
                   харах харатын курдук харыстаа.
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20