Page 11 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 11
— Ахтыбыт сүөһүгэ кыс устата иккитэ алааһын тураҥ-
наах буорун салаттахха, ол дьыл үчүгэйдик кыстыыр дэ-
һээччилэр. Онтон дойдутун ахтыбыт киһи дойдутун буо-
руттан биирдэ эмэ чэйигэр куттан истэҕинэ, ахтылҕана
ааһар диэн буолар, — диэтэ.
Ол түүн аҕабыныын хоонньоһон утуйдубут. Санаабар,
аҕам көлөһүннээх сыта сүрэҕим-быарым ортотунан киирэр.
Тылбытын байытабыт
Көс — 10 биэрэстэ эбэтэр билиҥҥинэн 10 километр.
Толкуйдаа. Тобул
Биһикпин ыйаабыт сирим.
Аан дойду ахтылҕаннаах,
бар дьон сыанабыллаах.
Толкуйдаа. Тобул
Туохтан да к үндү баар үһү.