Page 5 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 5

Куурбут санааларга
Күлүмнэтэн, күлүҥнэтэн,
Бүдүк күннээх дойдуларга
Көтүтэн илдьибитэ.

Эрбэхтэй Бэргэн обургу
Эрбэхтиин имэҥирэн,
Хабырына-хабырына,
Хабар-тутар мүһэлээх
Хара Дапсыыр бэрди
Дьалыҥын хайытаары,
Уҥуоҕун урусхаллаары,
Тырыта-хайыта охсоору,
Ый ыһыаҕа оҥороору
Тыылла-хабылла турарын
Тыыннаах-кырдьык суол курдук
Тыымах-хабырдык туойда.

Олунньу оһол ыйын
Орулуур отут хонугун
Олорон-туран көрбөккө,
Олоҥхо одьунаастара
Охсуһан силгиэхтэһэн,
Оройдорун тобулсан,
Тобуктарыгар дылы
Тоҥ буору тоҕо кэһэн,
Туруу дойду урсунун
Тордуйалаах уу курдук
Тоҕо долгуппуттарын,
Мэҥилдьитэ этэр-тыынар
Олоҥхоһут оҕонньор
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10