Page 6 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 6

Тыыннаах-кырдьык суол курдук
                           Тыымах-хабырдык туойда.

         Өйтөн ааҕа үөрэн.

                                               Платон Ойуунускай

   ДЬУЛУРУЙАР НЬУРГУН БООТУР КЫТАЙ
          БАХСЫЛААНЫ УУСКА БАРЫЫТА
                  (Олоҥхоттон быһа тардыы)

         1. Дьулуруйар Ньургун Боотур диэн кимий?
         2. Орто дойдуга туох аналлаах кэллэ?
         3. Кини инитин уонна балтын ааттарын эт.
         4. Дьулуруйар Ньургун Боотур туох санааттан Кытай

             Бахсылааны ууска барда?
         5. Кытай Бахсылааны уус сирин-уотун ойуулааһыны

             олонхо тылын туһанан кэпсээ.

      ...Онтон, Аллараа дойду Ала Буурай аймахтара на-
һаалаары гыннылар диэн, күн улууһун көмүскэтэ, айыы
аймаҕын араҥаччылата, ох курдук оҥорон Орто түһүлгэ
дойдуга Дьулусханнаах дьулуо маҕан халлаан дьурааты-
гар тура төрүөбүт Дьулусхан Субуйа сүүрүк Дьураа хара
аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотуру киллэрбиттэр...

      Орто дойдуга Ньургун Боотуру инитин Үрүҥ Уоланы,
балтын Айталыын Куону кытта Кыладыкы эбэ хотуҥҥа
олохтууллар. Ньургун Боотур баай хара тыаҕа бултаан-
алтаан дьонун аһатар, кыыл тириитинэн таҥнар. Ол та-
ҥаһа өр барбакка, алдьанан иһэр.
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11