Page 9 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 9

Ү с аан дойду
Үлүскэннээх кирбиитигэр —
О лоҥ-долоҥ быһыылаах,
Отут уораҕайдаах
Тигинии турар
Тимир дьиэҕэ
Тиийэн кэллэҕэ...
Биэкэс гынан,
Биил баттанан,
Өйдүөн-дьүүллээн
Ө ҥөс гынан көрбүтэ —
Тиҥсири хара тииттэрдээх,
Тиэрэ ханары

                   хайалардаах,
Баалтааны ууһун
Балтатын тыаһа
Баллыргыы оонньообут,
Барык-сарык төлөн
Баргыйа үллүбүт,
Күөттээни ууһун
Күөтүн тыаһа
Күксүйэ оонньообут,
Күөх төлөн
Көҕөрө күрдүргээбит,
И лбистээх игии
Иэрийэ ытаабыт,
Тимир сааҕа
Тибиирэ ыһыллыбыт,
Сардыргыы саккыраабыт,
Сата умайбыт
Кырыыстаах тыллаах,
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14