Page 7 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 7

Онтон сылтаан саныыр:
«Көхсүттэн тэһииннээх,
Көмүскэс сүрэхтээх
Күн айыы ууһун
Көмүскүү киирэн

                    бараммын,
Туттуох диэтэххэ
Туттар сэбинэн
Тутах эбиппин,
Таҥныах диэтэххэ
Таҥнар таҥаһынан
Татым эбиппин...» — диэн.

       Онон инилээх
Балтыгар кэс тылын этэн
Баран Баалтааны
Уустарыгар айанныыр.
Инилээх балта

                    эрэйдээхтэр
Иэримэ дьиэлэрин иһиттэн
Ойон тахса охсоннор
Ол-бу диэки
Оҥой-саҥай көрүөхтэригэр

                                    диэри
Улуу Куктуй диэки
Уһун буруо курдук
Унаарыйа субуруйбут,
Тоҕус дохсун холоругу
Тоҕо ытыйан барбыт,
Аҕыс сааллар чаҕылҕаны
Аргыс оҥостубут,
Намыһах былыттары,
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12