Page 10 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 10
Кыраман санаалаах
Кытай Бахсылааны уус
Сириэдийбит-сиппит
Сирэ-дойдута диэн
Бу буолар эбит...
Дьулуруйар Ньургун
Боотур обургу
Тэҥкэ хара сэргэлэрин
Дэлбэритэ барыар диэри
Дохсун үлүгэрдик
Тоҥсуйан лобугуратта...
Кэлбит киһи
Кэпсээннээх буолла.
Ньургун Боотур:
— Көр-даа-бу!!! Көр-даа-бу!!!
Көҕөрөр төлөн тыыннаах,
Күксүйэр өлүү күөттээх
Күөттээни ууһа буолбут,
Барык-сарык күлүктээх,
Барҕа хара быччыҥнаах,
Барылы хара дьүһүннээх
Баалтааны ууһа аатырбыт,
Уот Кындыалана ойохтоох,
Уоҕан-хаан төрүттээх
Кыладыйар кыстык,
Кыырык төбө,
Кытай Бахсылааны
оҕонньор, —
Аан-дархан ааккар