Page 3 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 3

Күндү оҕолор!

   Быйылгы үөрэх сыла эһиэхэ ураты. Эһиги бастакы
сүһүөх оскуоланы бүтэрэн, 5 кылааска — билиигит, сай-
дыыгыт саҥа кэрдииһигэр үктэннигит. Төрөөбүт лите-
ратураҕыт туһунан «Литература ааҕыыта» үөрэх кини-
гэтинэн, «Бэйэ ааҕыыта» ааҕар кинигэнэн, электроннай
үөрэх кинигэтинэн үөрэнэн, үтүөнү-мөкүнү араарар, дьон
сыһыанын туһунан толкуйдаан сыаналыыр, түмүктэри
оҥорор толору кыахтанныгыт.

   Кинигэ — киһи бастыҥ доҕоро, тугунан да солбуллубат
сүбэһитэ. Олох араас көстүүлэригэр, дьон сыһыанын уус-
тук түгэннэрин быһаарыыга, ырытыыга уус-уран айым-
ньыттан элбэҕи билиэххит, сөптөөх, киһилии суолу то-
булуоххут, тус олоххутугар туһаныаххыт. Суруйааччы,
ааптар диэн кимин эһиги билэҕит. Төрөөбүт литерату-
рабыт улуу суруйааччыларын айымньыларын кытта кыра
кылаастарга билистигит.

   Суруйааччыны тоҕо биһиги сүбэһит диибитий? Кини
тугу сүбэлиирий? Суруйааччы дьон олоҕун, сыһыанын
ырытан уус-уран айымньыны айар. Оттон эһиги айым-
ньыны ааҕан, ырытан, олох көстүүлэрин, дьон уустук
сыһыанын быһаара, сыаналыы, онон тус бэйэҕит олох-
хо көрүүгүтүн иитийэхтэнэҕит. Ол аата олоҕу толкуй-
даахтык, ырытан олоро үөрэнэҕит. Төрөппүккэ, доҕорго,
дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа — барыты-
гар киһилии сиэринэн, үтүө майгынан көмөлөһөр, өйүүр,
харыстыыр санаанан салайтаран олоруу — олоххо киһи-

                                                                                                                      3
   1   2   3   4   5   6   7   8