Page 6 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 6
Ынах маҥыраһан билсэр, … …;
Баай оҕото бардам, … … …;
Көтөр өҥүнэн, … …;
Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, … …;
Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, … … ….
4. «Ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр», «Кырдьаҕас-
тан сүбэтин, эдэртэн эйэтин ыл» диэн өс хоһоон-
норо норуот олоҕун сиэригэр туох сыһыаннаахта-
рый? Тугу кэпсииллэрий?
5. Өс хоһоонун бөлөҕөр аатта биэриҥ. Тоҕотун бы-
һаарыҥ:
1.
Ки´и тыла — ох.
Кэ´иллибэт кэс тыл.
Үтүө ат — биир кымньыылаах, үтүө ки´и — биир
тыллаах.
Үтүө тыл баайдааҕар күндү.
2.
Ытыс үрдүгэр түһэрдилэр.
Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр.
Күндү-мааны күл-көмөр буолбатах.
3.
Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар.
Салыҥнаах балык курдук киһи.
Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай?
Сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһа кэрбиир.
4.
Үтүө киһи үтүөтүн үс үйэ тухары умнуллубат.
Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат.
Уостубат үрэҕи курааҥҥа, үчүгэй доҕору алдьар-
хайга киһи билэр.
6