Page 9 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 9
ТААБЫРЫН
Таабырыннары ааҕыҥ, таайсыҥ.
1.
Баһа-атаҕа биллибэт барҕа баайдаах, биэрэр да
хаһан да иэстиирин эппэт да, төлөппөт да баар үһү.
Ким бэйэтин таҥаһын биир сыл түөртэ уларытан
кэтэрий?
Сулустары быыһынан көмүс кытах (тыы) уста сыл-
дьар үһү.
Орҕоолой эмээхсин отут оҕотуттан уоһахтаан аһаан
улаатар үһү.
Бастаан чаҕылыс, онтон ньирилис, онтон курулас
баар үһү.
2.
Саҥата суох дьыл хонугун ааҕар баар үһү.
Куулаҕа отут хабдьы, халдьаайыга сэттэ бочугу-
рас баар үһү.
Маҥан биэ барбыт, хара биэ хаалбыт, күөх биэ
кэлбит, кугас биэ куоппут.
3.
Үтүө киһи сылга биирдэ киэргэнэр үһү.
Сайын саҕынньах кэтэр, кыһын устан кэбиһэр
баар үһү.
Турбутунан Турантай тыыннааҕын тухары сыппат
үһү.
Маҥан тастаах, маҥан эттээх, барыга туһалаах,
харахтаах хайҕаабыта, тойуктаах туойбута баар үһү.
4.
Ойуур иһигэр олгуй оргуйа турар үһү.
Иккитэ төрүүр, биирдэ өлөр баар үһү.
9