Page 12 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 12

ЧАБЫРҔАХ

   Чабырҕах — саха норуотун тылынан уус-уран
айымньытын биир саамай сытыы, көрдөөх формата.
Тас киэбинэн кини хоһоон курдук, ол гынан баран,
субурҕата кылгас, кэрчик буолар. Чабырҕах тылы-
нан этиллэр, лабыгыраччы түргэнник, биитэр ырыа
аҥаардаан толоруллар.

   Чабырҕах үөскээбит төрдө кистэлэҥ санааны ку-
булдьутан этиигэ сытар.

    (Д. К. Сивцев—Суорун Омоллоон)

   Былыр үксүн сайынын алааска оҕо аймах муһун-
наҕына, араас эгэлгэ ахсаан, кэрискэ, хоһуйуу, таа-
бырын чабырҕахтары ааҕан, куоталаһа оонньууллара
үһү. Ким элбэх чабырҕаҕы билэр, тылын, ахсаанын
бутуйбакка, сыыспакка биир тыынынан ааҕан элбэх
ахсааҥҥа тиэрдибит бастыыра. Ахсаан уонна кэрис-
кэ ааҕыы чабырҕахтар былыр оонньуу быһыытынан
алаас оҕотун эйгэтиттэн тэйбэккэ бииргэ сылдьы-
быта көстөр. Онон чабырҕахтар оҕо тылын-өһүн эр-
чийиигэ, дорҕооннору табатык саҥара үөрэнэллэ-
ригэр, өйдүүр, толкуйдуур дьоҕурдара сайдарыгар
улахан көмөлөөхтөрө.

   Чабырҕах — оҕолор тылларын-өстөрүн имитэн,
дорҕооннору чуолкайдык саҥара үөрэнэллэригэр,
төрөөбүт тылларын эгэлгэ көстүүлэрин иҥэринэл-
лэригэр тускулуур норуот ыччатын иитэр-такайар
биир улахан суолталаах ньымата. Холобура, ахсаан
чабырҕах оонньуу киэбинэн ааҕыллар, биир тылы
бутуллан сыыһа саҥардаххына, тохтуугун, араас кү-
лүүлээх түгэннэри үөскэтиэххин сөп:

Биир мииниллэр биэ,  Алта аҥаарыма атыыр,
Икки эмэр ньирэй,    Сэттэ тиһэх тиҥэһэ,
Үс үүттээх үтүрүм,   Аҕыс аҕам ынах,

12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17