Page 10 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 10
Ураа лаҥкыр муостаахпын да уу оҕуһа буолба-
тахпын.
Кыра да кыыралдьыгас, оччугуй да ойуоккалас
баар үһү.
Кынаттаахпын да көппөппүн, атаҕым суох да
дьаарбайабын, харахтаахпын да халлааны көрбөп-
пүн диир баар үһү.
5.
Мин олус кырдьаҕаспын, олус эдэрбин, хаһан
төрөөбүппүн билбэппин, хаһан да өлбөппүн.
Туохтан да барытыттан Аан дойдуга сыаналаах
баар үһү.
Түүлээх хааһах иһигэр хостоотор бараммат мал
баар үһү.
Аска аҕыс, үлэҕэ үс баар үһү.
6.
Улуу кыыл түөрт сиринэн бүөрдээх.
Мас холбуйа иһигэр буор холбуйа, ол иһигэр
кыһыл көмүс сытар үһү.
7.
«Бас саҕабын да, бүтүн аан дойдуну батарабын», —
диир баар үһү.
Кынаттаах буолан баран дайбаабат Тимир Ди-
рилээн Боотур баар үһү.
Уһун кутуруктаах, уот харахтаах иилэҕэс тиэрбэс
ынчыктыы-ынчыктыы барар үһү.
Уот тыыннаах, уу олохтоох баар үһү.
Күөх куйаарга уот мээчик көтө сылдьар үһү.
10