Page 11 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 11

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Таабырыннар бөлөхтөрүн ааттааҥ. Тоҕотун бы-
     һаарыҥ.

 2. Таабырыны туохха олоҕуран, тугунан сирдэтэн
     таайыахха сөбүй?

 3. Кэпсэтиһиҥ: киһи тоҕо таабырыны сөбүлүүрэ буо-
     луой?

 4. Таабырын хайдах этиллэрин, таайтарыыга саҥа
     хайдах уларыйарын, уус-уран уратытын быһаа-
     рарга холонуҥ.

! Таабырын ханнык эмэ көстүүнү тугунан эмэ-

 нэн сыһыаннаан таайтаран этэр.
       Киһи майгытын-сигилитин, киһини тулалыыр эй-

 гэни, дьон сыһыанын, кыылы-сүөлү, айылҕаны бэр-
 гэн, умнуллубат чаҕылхай уобарастарынан тэги-
 литэн биэрэр, өй ууһун, айар дьоҕуру уһугуннарар.

                                                АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

     Бэйэҕит хас да таабырынна айан, толкуйдаан кэлэн
 таайтарыҥ. Таайыытын уруһуйунан көрдөрүҥ.

      Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

 Сардаана Ойуунускайа «Саха таабырыннара» кини-
     гэтиттэн таабырыннар бөлөхтөрүн эбии ситэрэн-хо-
     торон биэриҥ. Ким ханныгы эбии киллэрбитинэн
     таайсыҥ.

 Атын омуктар таабырыннарын булан таайсыҥ. Саха
     таабырына туох уратылааҕын быһаарсыҥ.

                                                                                                                 11
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16