Page 14 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 14
Хаамыылаах хара,
Сүһүөх хамсатар
Сүрдээхэй сүүрүк,
Туйах хамсатар
Туллук тураҕас,
Бас хамсатар
Маанылаах маҥан,
Таныы хамсатар
Талыы дьаҕыл,
Уҥуох хамсатар
Улуу дьоруо!
Хайдах курдук сылгы быһыытын-таһаатын бүтүн-
нүү, төбөтүттэн саҕалаан хамсаныытын уратытыгар
тиийэ уран, ханыы тылларынан тиһэн, киһи хараҕар
көстөн кэлэр гына ойууланан бэриллибитий сылгы
барахсан! Ол гынан баран, биһиги тута өйдүүрбүтү-
гэр, ылынарбытыгар уустук дии. «Сылгыны хоһуйуу»
диэн аата суоҕа буоллар, «бу тугуй?», «бу кимий?»
диэн таайа сатыа этибит. Онон, бу чабырҕах өй-
дөммөт тылларын суолталарын анаан чинчийиини
да ыытыахха сөп. Ону толкуйданан көрүҥ.
Таайтарыылаах таабырын чабырҕахтар, киһи өйүн
сыстаҕына, хас биирдии тылын этэр суолтатын бы-
һаардаҕына эрэ, ис хоһоонноро арыллар, онон киһи
тэгэлитэн, уус-ураннык уобарастаан толкуйдуур дьо-
ҕурун сайыннараллар.
Мундууруйа
Солууруйа
Буһаарыйа,
Собооруйа
Хоспооруйа
Кистээрийэ.
Маннык чабырҕахтары оҕолор биир тыынынан
этэргэ эрчиллэллэрэ уонна ол биир тыыҥҥа ким
14