Page 18 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 18

Норуот остуоруйата

   Ааҕыы, ырытыы

   Остуоруйаны ааҕыҥ, дьоруойдар быһылааннарын
   болҕойуҥ.

        Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин

   Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин, биэс ына-
ҕын үүтүн иһэ-иһэ, арыытын сии-сии, ыал буолан
олорор.

   Биэс ынаҕа бэһиэн синньиэхтэригэр диэри ыатал-
лар. Синньээн, төрүүллэрэ чугаһаан баран, биирдэ
сүтэн хаалбыттар. Биэс хонугу быһа көрдүөн көрдө
да, ынахтарын булбата. Бэһис күнүгэр илин диэки
баран истэҕинэ, биир тураах тииккэ олорор эбит.
Ол турааҕы көрөн, эмээхсин ыйытар:

   — Биэс ынахпын сүтэрэммин, көрдүү сылдьабын.
Хайа эн, тураах тойон, мин ынахтарбын көрдүҥ дуо?
Кэпсиэ!

   — Таах-туух… Суох эппэппин! Эн ынаҕыҥ хар-
баһыныттан көҥөнөн, мутугунан көхсүбүн дьөлө бы-
рахпытыҥ! Эппэппин! Дуух-даах! — диэтэ тураах.

   Онтон баран истэҕинэ, суор тойон көтөн дуксуйан
иһэрин көрдө.

   — Суор тойон! Ынахтарбын сүтэрэн, көрдүөн си-
ри-дойдуну бараатым, уллуҥаҕым тириитэ баранна!
Эн киһи — киэҥ харах, чуор кулгаах, бука, билбитиҥ
буолуо. Мин ынахтарым ханна баалларый? Эт, ман-
ньалыам! — диэн көрдөстө эмээхсин.

   — Чулуп-чалып! Суох, билэр да буоллахпына,
этиэм суоҕа! Эн ынаҕыҥ ньылбалаатаҕына, онтон
көҥөнөн, хаппыт ынах сааҕынан дьөлүтэ быраҕан,
өлөрө сыһарыҥ! Этиэм суоҕа! Суох чулуп-чалып, —
диэн, суор тойон аккаастаан кэбистэ.

  18
   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23