Page 20 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 20

ото отунан сытар. Тахсан ынаҕын ыы олорбут. Эмиэ
хобо-чуораан тыаһаабыт, кыптыый кылыр гына
түспүт. Соһуйан, эмиэ үүтүн тоҕо бырахпыт, көтөн
түспүт.

   Көрдөҕүнэ — дьиэтин хаҥас өттүгэр хандьытаал
таас харахтаах, укулаат таас уостаах, сырдык таас
сирэйдээх, икки хара киис атахтаһан сыппытын кур-
дук хаастаах, таҥас бүтэй этэ көстүбүт, эт бүтэй
бүлтэһэ көстүбүт, бүлтэс бүтэй силиитэ көстүбүт
үчүгэйкээн бэйэлээх кыыс оҕо олорор. Били бэр-
дьигэс ото маннык буолан хаалбыт.

                               ***

   Бу кэмҥэ Хайҕамсык Хара Хаан тойон уола хара
киис саҥыйахтаах Хаардьыт Бэргэн хара тыатыгар
бултуу барбыт. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээх-
син дьиэтин таһыгар чаллах тииккэ үс сиэрэй тииҥ

  20
   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25