Page 23 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 23
сэргэ төрдүгэр мустубуттар. Кийиит дьахтар симэх-
син эмээхсин күөгэйэр күөх эриэн оҕуһун баайар
төрүтүттэн түҥнэри үөтүгэр атын илдьэн баайбы-
тыттан, тэһиин тутааччылара харыс хаалбыттар,
сүөм түспүттэр, хомойбуттар.
Тырк гына сыыҥтаабыт сиригэр хоруоҥка тохтон
түһүөҕэ диэн, кытыан кыргыттар сап хатан бэлэмнээ-
биттэр, хаампыт сириттэн киис кыыл сүүрбүтүнэн
барыаҕа диэн, уолан уолаттар оноҕос оҥостубуттар
эбит. Оттон бу абааһы кыыһа кийииттэрэ сыыҥтаа-
быт сиригэр күөх аҕырыа тохтубут, хаампыт сирит-
тэн сур кырынаас сүүрбүт. Мантан бэркиһээбиттэр,
сиргэммиттэр, хомойбуттар.
Сэргэ төрдүттэн дьиэҕэ диэри күөх оту тэлгэтэн,
кийиити сиэтэн киллэрбиттэр. Кийиит үс титирик
төбөтүнэн уот оттон киирбит. Кинини тордоххо кис-
тээбиттэр.
Ол курдук, уруу тэрийэн, аһаан-сиэн, оонньоон-
көрүлээн бүтэн, ыал буолан олорбуттар.
***
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин алаас сы-
һыытыгар ынаҕын сылгылыы киирбит: дьикти-кэрэ
биэс салаалаах бэрдьигэс от үүммүт. Ону түөрэн
ылан, дьиэтигэр аҕалбыт, сыттыгар суулаабыт. Тах-
сан ынаҕын ыы олорбут. Хобо-чуораан тыаһаабыт,
кыптыый тыаһа кылыр гына түспүт. Дьиэҕэ көтөн
түспүт — үтүөкэн кэрэ кыыс олорор эбит.
— Ийээ, — диэбит, — кэргэним илдьэ баран иһэн,
«бултуом» диэн тыаҕа барбыта. Кини: «Үүс-киис ти-
риитин ыйаабыт суол устун бараар, эһэ тириитин
ыйаабыт суол устун бараайаҕын!» — диэбитэ. Ону
мин, умнан кэбиһэн, эһэ тириитэ ыйааммыт суолу-
нан барбытым. Бу баран, туруорбах тимир дьиэҕэ
тиийэн кэлбитим. Абааһы кыыһа сирэйим тириитин
23