Page 25 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 25

тээх ууга оҕустарыҥ — үөн-көйүүр этин-хаанын
быртаҕын-былаҕайын эмтин. Бу ууттан хостоон
таһааран, үрдүк маска ый отут хонугун тухары сал-
гылатыҥ — хотуттан-соҕурууттан кэлэр көй салгын
сүрэҕин-быарын тобулу оҕустун, быртах этэ-хаана
ыраастаннын. Ыраастанан баран, кэргэнин ааттаан
ылан кэллин.

   Оҕонньор, ат эппитин истэн баран, икки хараҕын
уутун икки аҥы илгэн кэбиспит, сүүрдэн тахсан
дьиэтигэр көтөн түспүт. Маны көрөн баран, кийиит
дьүһүнэ кубулуйбут.

   — Нохоо, — диэбит оҕонньор, — хантан дьахтар
ылан кэлбиккиний?!

   — Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһын
ылан кэлбитим, — диэбит уол.

   — Ханнык дьүһүннээх аты аттанан кэлбиккиний?
Хантан ыйаахтаах-төрүттээх дьахтары ылан кэлбик-
киний? Дьахтарыҥ төрдүн билэҕин дуо?! — диэбит
оҕонньор.

   Маныаха уол эппит:
   — Үөһээ дойдуга, үс халлаан үрдүгэр үүт таас ол-
бохтоох Үрүҥ Айыы тойон инитэ кытыаны кытыарар,
мөҕүрүөнү мөрүөрдэр Дьэллик Дьэһэгэй тойон кыр-
гыттара, сэттэ кыыс, Орто дойдуга сэттэ кыталык
буолан киирэн көрүлээбиттэр.
   Кинилэр бу алаас сыһыыга түһэн үҥкүүлүү сырыт-
тахтарына, Үөһээ дойдуттан ииппит Иэйэхсит хотун
түспүт. Бу түһэн, бу кыталыктартан бастыҥ кыта-
лыгы туппут. «Киһи буолар кэскилиҥ, саха буолар
салалтаҥ бу Орто дойдуга баар. Быртах буордаах
дойду диэн сиргэнимэ! Хайҕамсык Хара Хаан уолу-
гар, хара киис саҥыйахтаах Хаардьыт Бэргэҥҥэ
кэргэн буолар ыйаахтааххын. Мантан киһи буолуоҥ,
оҕо төрөтүөҥ, сүөһү иитиэҥ!» — диэн баран, кына-
тын төбөтүн сарбыйан кэбиспит. Онуоха кыыс

                                                                                                                     25
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30