Page 29 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 29

быттар. Ханар-ханар хаампыт сириттэн киис кыыл-
лар сырсыбытынан барбыттар. Маны ытыалыы,
уолан уолаттар хара тыаҕа сырсан хаалбыттар.
Сэргэ төрдүттэн дьиэҕэ диэри күөх оту тэлгээн кэ-
биспиттэр. Үс титирик төбөтүнэн кийиит уот оттон
киирбит. Тордоххо саһыарбыттар.

   Тоҕус тоҕойдоох сэлэни тиирбиттэр, тоҕус уон
чуоҕур маҥан кулуннарын чуоҕуппуттар. Дьиэлэрин
уҥа диэки өттүгэр тоҕус баҕаҕы аспыттар, ыһыах,
уруу буолбут. Кийиит киирбит аатыгар тэгэс тиэс-
тибит, бөҕөс мустубут, кулан тоҕуоруйбут, курдьун
тилийбит.

   Хардаҕас кымньыылаахтар, хап гына биэрэ-биэ-
рэ, ханарах-ханарах сиэллэрбиттэр, мутук кымньыы-
лаахтар, бот гына биэрэ-биэрэ, боторох-боторох
сиэллэрбиттэр. Тимир иҥэһэлээхтэр тиэстибиттэр,
алтан иҥэһэлээхтэр айгыстыбыттар — омук омук-
тан, улуус улуустан бары мунньустубуттар.

                                                                                                                     29
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34