Page 30 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 30
Сэттэ күнүстээх түүнү мэлдьи аһаабыттар-сиэ-
биттэр, оонньообуттар, күлбүттэр-көрүлээбиттэр:
ырыаһыт манна буолбут, үҥкүүһүт манна буолбут,
олоҥхоһут манна буолбут, тустааччы манна буолбут,
кылыыһыт манна буолбут, ыстаҥаһыт манна буол-
бут — тилэхтээх тиэстибит, атахтаах айгыстыбыт.
Сэттэ күнүстээх түүнү мэлдьи оонньоон-күлэн ба-
ран, кэлбит ыалдьыттар сирдэригэр-дойдуларыгар
тарҕаспыттар. Дьиэлээхтэр илдьиркэйдэрэ иллэрээ
күҥҥэ диэри илбэспит, аймаммыттара бүгүҥҥэ диэ-
ри холбоспут, төрөтөр оҕолоро уйаламмыт, иитэр
сүөһүлэрэ күрүөлэммит. Күн бүгүнүгэр диэри ыччат-
тара олороллор үһү.
Тылбытын байытабыт
Сулуу — кэргэн кэпсэтэр киһи кыыс дьонугар
сүөһүнэн биэрэр төлөбүрэ.
Мойбор — кыыл моонньун эргийэ үрүҥэ, моойто-
руга.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бу остуоруйа норуот остуоруйатын үс арааһыттан
ханныга буоларый? Ону дакаастааҥ.
2. Хаардьыт Бэргэн майгытыгар тугу бэлиэтии көр-
дүгүт? Кини оноҕоһун тоҕо бэйэтэ ылбатый?
3. Остуоруйа сүрүн дьоруойдарын тас дьүһүннэрин,
майгыларын, саҥаларын бэлиэтиир этиилэри бу-
лан устуҥ.
4. Туох туһугар остуоруйа дьоруойдара араас быһы-
лааны, моһолу туораатылар?
5. Кыыс иккистээн тиллэн баран, тоҕо син биир
Хаардьыт Бэргэҥҥэ кэргэн таҕыста? Санааҕытын
үллэстиҥ.
30