Page 32 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 32
Ааҕыы, сэһэргэһии
Үчүгэй Үөдүйээн
Үчүгэй Үөдүйээн баар үһү, инитэ Куһаҕан Ходьу-
гур баар үһү. Иккиэйэхтэр үһү. Арай бу ини-биилэр
утуйан баран уһуктубуттар.
Үчүгэй Үөдүйээн турбут. Хараҥа түүн ийэбэр ха-
раарбытым буолуоҕа диэн, хара далай уутунан хас-
тыы анньыммыт, күөх түүн ийэбэр көҕөрбүтүм буо-
луоҕа диэн, күөх далай уутунан көҥү анньыммыт.
Аһаабыт-сиэбит. Тыҥ хатыытын саҕана тыһы кыыл-
лыы барбыт, үөҕүл-дьүөҕүл саҕана үөҕэс кыыллыы
барбыт, таҥара сарыытын саҕана тайах кыыллыы
барбыт: бууру муннуттан, эһэни тэбэҕэйиттэн сиэтэ,
тайаҕы таныытыттан сиэтэ, бөрөнү бөртөлөөҕүттэн
сиэтэ барбыт.
Куһаҕан Ходьугур тахсан дьиэтин таһын күрдьэ
турбут. Үөһэ халлаан диэки көрбүтэ, сэттэ кыталык
кэлэн эргийэн эрэллэр эбит.
— Нойоон, Куһаҕан Ходьугур! Үчүгэй Үөдүйээн
убайыҥ барбыта дуу, баар дуу? Биһиги түһэммит
оонньуохпут-көрүлүөхпүт этэ!
— Эдьиийдээр, эдьиийдээр! Түһүө, түһүө! Оон-
ньуохпут-күлүөхпүт! Үчүгэй Үөдүйээн убайым бар-
быта, барбыта!
Түһэн тиийэн кээлтэр. Оонньообуттар. Үчүгэй Үөдү-
йээн уоттааҕытын тыаҕа таһаарбыттар, тыатааҕытын
уокка киллэрбиттэр. Оонньообуттар, үҥкүүлээбит-
тэр. Имнэрэ сүтүөх буолбут. Үөлэһинэн көтөн тахсан
баартар. Куһаҕан Ходьугур холумтаныгар уотун үрэ
сыппыт.
Үчүгэй Үөдүйээн көтөн түспүт, Куһаҕан Ходьугур
биир да үлэтин үлэлээбэтэх: ынахтара маҥыраспы-
тынан, сылгылара кистэспитинэн тураллар, маһын
32