Page 37 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 37

тоһоҕоҕо аҕыс былас аалай солко аһын эрийэ кэ-
биһэн баран, кыһыл көмүс тарааҕынан тараана оло-
рор эбит.

   — Күн тойон кыыһа Күөгэл удаҕан, эйигин ыла
кэллим!

   Көрөн баран чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ, этэн
баран эҕирийиэх иннинэ барарга оҥостубуттар.
Айаҥҥа турбуттар, аҕыс уон атыыр үөрэ сылгыла-
рын, тоҕус уон хотон ынахтарын үүрэн илдьэ барбыт-
тар. Ый тойон кыыһыгар тиийэн кээлтэр. Сүөһүлэ-
ри-астары, үптэри-баайдары барытын илдьэ көһөн
барбыттар. Үс дьахтарын кытта айаннаан испит.

   Сыһыыларыгар тиийэн кэлбиттэр. Киһилэрэ:
«Саһыл айалааҕым», — диэн баран, куота сүүрбүт.

   Били өлбүт дьахтарын сулбу тардан ылан ил-
дьэ кэлэн, айан суолун ортотугар бэйэтин таҥаһын
таҥыннарбыт, тэллэҕин тэлгээн кэбиспит, ыҥыырын
сыттыы уурбут, дьахтарын сытыарбыт, суорҕанынан
сабан кэбиспит. Атын тииккэ баайан баран, саһан
хаалбыт.

   Дьахталлар айаннаан куоҕатан тиийэн кэлбиттэр.
   — Тыый, доҕоор! — дэһиспиттэр, сирэй-сирэйдэ-
рин утарыта көрсүбүттэр.
   — Эрбит өлө сытар! — дэһиспиттэр, ытаспыттар.
   Күн тойон кыыһа Күөгэл удаҕан ыйыталаабыт:
   — Үргэл тойон кыыһа Үргүүк удаҕан! Өлбүтэ хас
сыл буолбуту тириэрэр буолаҕын?
   — Өлбүтэ үс сыл буолбут киһини сибилигин уҥа
сытар киһи дьүһүнүн курдук оҥорорум, — диэбит.
   Ый тойон кыыһыттан ыйыппыт:
   — Өлбүтэ хас сыл буолбут киһини тириэрэр буо-
лаҕын?
   — Өлбүтэ үс сыл буолбут киһини сибилигин утуйа
сытар киһи дьүһүнүгэр диэри оҥорорум!
   Онуоха Күн тойон кыыһа эппит:

                                                                                                                     37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42