Page 38 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 38
— Мин өлбүтэ үс сыл буолбут киһини субу туран
сүүрбүтүнэн-көппүтүнэн барар гына оҥорорум, —
диэбит.
Үргэл тойон кыыһа үстэ үрдүнэн көппүт — уҥа сы-
тар киһи дьүһүнүгэр дылы буолбут. Ый тойон кыыһа
үстэ үрдүнэн көппүт — утуйа сытар киһи дьүһүнү-
гэр дылы буолбут. Күн тойон кыыһа үстэ үрдүнэн
көппүт.
«Утуйбутум дуу, уҥмутум дуу? Үчүгэйиин!» — диэн
баран, туран кэлбит.
Кыргыттар эрбит буоллаҕа диэбиттэрэ, дьахтар
буолан хаалбыт. Соһуйбуттар даҕаны, куттаммыттар
38