Page 43 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 43
Уолан көҕүрүөбэт
Уһун уйгуланан,
Бастар бараммат
Барҕа баайданан,
Тохтор хороммот
Торҕо тоттонон,
Торолуйан тупсан
Үтүмэн үчүгэйдик
Үөскээбитэ эбитэ үһү…
Үрүҥ түүлээҕэ
Үрдүк ойоҕоһунан
Үтүрүһэ сатаан баран, —
Үрэх бастарынан,
Үрүйэ быыстарынан
Өрө сырсан тахсан,
Үрэллэн, ыһыллан барарын үрдүнэн
Үлүһүйэн үөскүү турбут.
Хара түүлээҕэ
Халтаҥ ойоҕоһунан
Хабырыһа сатаан баран, —
Хара тыаларынан,
Хайыр таастарынан
Халыйан халҕаһалаан тахсан,
Хаалан, тарҕанан барбытын үрдүнэн
Хаҥаан үөскүү турбут.
Көмүс хатырыктааҕа
Күөлү, далайы долгута
Күллүргүү мөхсүбүт.
Көтөр кынаттааҕа
Күнү, ыйы бүөлүү
Күүгүнүү көппүт.
Кырдал ахсын
Кыталыга ыллаабыт.
Толоон устун
43