Page 48 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 48

Тосторута үктээн,
              Үрдүк тииттэри
              Үнтүрүтэ кумалаан
              Көтөҕөн киллэрэн
              Күрүлэччи күөдьүтэн кэбистэҕинэ,
              Ый отут хонугун мэлдьи
              Уҕараабакка, уоскуйбакка
              Умайан тигинии турар буолар эбит.
              Дьиэтин таһыгар —
              Тоҕус күннүк сиртэн
              Тобураҕы тохтоппот
              Дьулусханнаах дьолуо маҕан
              Тусаһалаабыт эбит.
              Сэттэ күннүк сиртэн
              Силлиэни киллэрбэт
              Тиргитиир килэмэн маҕан
              Тэлгэһэлээбит эбит.
              Ол тусаһатын
              Чогдойор саалыгар —
              Баараҕай тиит
              Бастыҥ үөрэҕэһинэн
              Баргыйа олорор
              Барыллыа кыыллаах,
              Бачыгыраан көстөр
              Баабыр ойуулаах
              Бастыҥ сэргэ диэни
              Багдаппыт эбит.
              Улахан тиит
              Орто үөрэҕэһинэн
              Охсо олорор
              Улар кыыллаах,
              Очоруһан көстөр
              Оһуор ойуулаах
              Орто сэргэ диэни
              Олоппут эбит.

48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53