Page 51 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 51
Саманнык диэн
Саҥалаах буолбут.
Элийэ Боотур:
— Орто дойду
Улуу баҕанатыгар —
Үс Кырыылаах
Мөҥүрүүр Бөҕөҕө
Тоҥ күөҥҥэр,
Тус бэйэҕэр
Туску буоллун!
«Ким хайа
Кэллиҥ?» — диир буоллаххына,
Анды Мөҥүрүөн оҕонньор аҕалаах,
Кус Мөҥүрүөн эмээхсин ийэлээх,
Эмньик тураҕас аттаах,
Элийэ Боотур диэн
Биир ыал биирэ,
Суос-соҕотоҕо
Кэлэн турабын.
Адьарай аҕатын ууһун
Аҥаарыйар атамаана,
Көстүбэт бииһин ууһун
Күтүр күүстээҕэ
Муус Бурҕаат бухатыыр
Аҥаардастыы атаҕастаан,
Кэлтэччи киирэн,
Туллуктаан Куо диэн балтыбын
Күүһүнэн ойох ылаары
Күтүөттээн сытар.
Ийэлээх аҕам
Кыыс оҕобутугар
Тоҕус уон тоҕус
Сылгы мөҥөрүгүнэн,
Тоҕус уон тоҕус
Ынах мөҥөрүгүнэн
51