Page 56 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 56
Саастааххын дьаныйан
Айыы аймаҕын
Араҥаччылыы тураар!
Дом-ини-дом,
Дом-ини-дом! — диэтэ.
Биһиги киһибит —
Сиирэ-халты харбатан,
Мүччү-хаччы туттаран,
Нэһиилэ куотан,
Суккуруур дууһата,
Сурдургуур тыына ордон,
Аан дойдутугар
Аҕыс салаалаах
Аал Луук Маһын төрдүгэр
Ат буолан батыччахтаан кэллэ.
Аҥаар атаҕынан тобуктаан олорон,
Тоһоҕо маһынан
«Дор, дор» тоҥсуйа-тоҥсуйа,
Ый-хай
Ырыалаах буолла.
Мөҥүрүүр Бөҕө:
— Аан дойдум иччитэ,
Аан Алахчын Хотун,
Икки кэрэ чуор кулгааххынан
Истэ сэргээ эрэ!
Көстүбэт күтүр күүстээҕэ,
Адьарай ааһа дайбааһыннааҕа
Муус Бурҕаат буулаан
Күҥҥэ булбут көмүспүтүн,
Көрөр чыычаахпытын —
Туллуктаан Куобутун
Быһа былдьаан,
Чахчы талаан
Бараары гыммытын,
56