Page 58 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 58
Аан Алахчын Хотун:
— Этиэххин эттиҥ,
Саҥарыаххын саҥардыҥ,
Эн, айыы аймаҕын
Араҥаччылыыр аналлааххын!
Күн улууһун
Көмүскүүр оҥоһуулааххын!
Алҕаатаҕым буоллун:
Охтоохтон охтума,
Биилээхтэн быстыма!
Уруй!
Билигин дьиэҕэр таҕыстаххына:
Үүс-аас бэйэлээх
Үрүҥ Аар Тойон этиитинэн —
Миинэр миҥэҕин
Дьылҕа Хаан улахан уола
Күкүрдүүр Бөҕө киллэрэн
Баабыр ойуулаах,
Барыллыа кыыллаах
Бастыҥ сэргэҕэр
Баайан таҕыста.
Одун Хаан
Улахан уола
Бүтүн күүстээх
Бүппэт Бөҕө
Бухатыыр киһи
Туттар сэбин,
Таҥнар таҥаһын,
Дуодар Хара ууска, —
Көкөөнөй ууһунан күөттэтэн,
Бакаанай ууһунан балталатан,
Акаанай ууһунан аалларан, —
Тоҕус болгуо чулуутунан,
Сэттэ уон болгуо чээрэтинэн
Тоҕуста кэҕиннэрэн,
58