Page 54 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 54

Сырбаппытынан барда.
              Адьарай уола
              Аҥааран, ат буолуталаан ылла,
              Уотун үрдүнэн
              Умса батыччахтаан
              Түҥ-таҥ түһүтэлээтэ,
              Түлэс-былас барыталаата.
              Ол эрээри
              Хомуллубут тимир куйахтаах,
              Тардыы тимир таҥастаах
              Улуу дьаалы
              Охтуох бэйэлээх буолуо дуо,
              Өй ылан,
              Өргөйөн туран
              Хааннаах батаһынан
              Хатыырдаабытынан барда,
              Өһөхтөөх үҥүүтүнэн
              Үөлбүтүнэн түстэ.

              Өр гыммата,
              Өргөстөөх өргөстөөҕө өтөн,
              Куйахтаах куйахтааҕа өтөн,
              Биһиги киһибитин
              Оҕустаҕын ахсын
              Ойутуннаран барда.
              Тэптэҕин ахсын
              Тэлитиннэрэн истэ,
              Биһиги киһибит
              Түөрт атах буолан,
              Түҥ-таҥ түһэн
              Аһаран биэрэ сылдьан
              Түлэс-балас иһиттэҕинэ,
              Аҕаһа аатырбыт
              Айыы Умсуур удаҕан
              Кылбаа маҕан
              Кыталык буолан,

54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59