Page 52 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 52

Энньэ-сүөһү сиэттэриэхпит диэн
              Албыннаан,
              Күн ыытан,
              Хонук атааран,
              Баҕар, хантан эрэ,
              Айыы бухатыыра салаллан,
              Күн бухатыыра көстөн,
              Көмүскэл буолаарай диэн
              Күүттэрэ сатыыллар.
              Ону, күтүр өстөөх
              Күүтэ сатаан баран,
              Албынныыгыт диэн
              Алдьатан, кырган бараары гыммытын,
              Утары охсуһан
              Уон ойоҕоһум кумаланна,
              Аҕыс агдам алдьанна.
              Нэһиилэ, мүччү-хаччы туттаран,
              Сыыһа-халты харбатан, —
              Иҥиир тараһаланан,
              Инньэлик уҥуохтанан,
              Кылайар хараҕым уута,
              Кычча сиһим үөһэ
              Бу, куотан кэллэ.
              Үрүҥ күн дьонун
              Өрүһүйэргэ үөскээбит
              Үтүө сураххар
              Үҥэ-сүгүрүйэ турабын,
              Өрүһүй, күн-ый буол!
              Туллуктаан Куо
              Окко түспүт оҥоһуута,
              Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ
              Айыыһыт айыытынан,
              Иэйэхсит этиитинэн
              Эйиэхэ буолар!
              Өрүһүй! — диэтэ.

52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57