Page 47 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 47

Халыҥ диэн халҕаннаабыт эбит.
Тахсан эрэр күн
Сардаҥата сыдьаайдын диэн,
Киирэн эрэр күн
Килбиэнэ тыктын диэн,
Тула өттүнэн
Түөрт уон түөрт
Дьөлө охсуу
Түннүктээбит эбит.
Кэрдиис ойуулаан,
Кэдэриэбэй маһынан сыҥаһалаан,
Кэрэ сыһыы курдук
Кэтэҕэрии ороннообут.
Оһуор ойуулаан,
Уйула суох маһынан умнаан,
Улуу алаас курдук
Уҥа ороннообут.
Уобалаах атахтаан,
Устуруустаах ньуурдаан,
Сарбынньахтаах туорайдаан
Сандалы маҕан остуоллаабыт.
Улуу бөҕөстөр
Урууга мустан,
Түһүлгэҕэ киирэн
Түөрэ халбарыттаран
Түөрт атах буолан
Түһэн иһэллэрин курдук,
Түөрт уон түөрт
Лэкээ буурай олоппостообут.
Хонуу аҥаарын курдук холумтаннаан,
Үөҕүлүмтэҕэй үөлэстээн,
Суостуганнаах суо-хаан оһохтообут.
Ол оһоҕор
Куруҥ тыаттан
Дуул мастары

                                                                                               47
   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52