Page 46 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 46

Күннүк сиртэн
              Күлүмүрдээн көстөр
              Күндүл уорук балаҕаны
              Оҥостубут киһи эбит.
              Дьиэтэ буоллаҕына —
              Уҥа диэки олорор киһи
              Улар саҕа буолан көстөр,
              Хаҥас диэки олорор дьахтар
              Хабдьы саҕа буолан көстөр,
              Кэтэҕэрии олорор киһи
              Кэҕэ саҕа буолан көстөр
              Киэҥ дьиэ эбит.
              Маны буоллаҕына
              Кини киһи —
              Күн уотун
              Күрүлэс күүһүн
              Көрүстүн диэн,
              Ый уотун
              Ыһыллар чаҕылын
              Ыллын диэн,
              Хахсаат халлаан
              Хаһар сиккиэрин
              Хаххалаатын диэн,
              Сэлиик ат
              Сиксиллэ сэргэҕэлии
              Сиэлэн тахсар
              Күндээр маҕан
              Күүлэлээбит эбит.
              Холлоох тиитинэн холуодалаан,
              Аарыма тиитинэн араамалаан,
              Эттээх маһынан иэччэхтээн,
              Сэттэ толуу эһэ тириитинэн
              Сирийэн, эпсэри ньээкэйэн,
              Аҕыс буур тайах тириитинэн
              Аттаран, ыга дьаптайан

46
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51