Page 45 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 45

Ол курдук
Үүт турааннык,
Им чуумпутук,
Өрөгөй талаан! — диэн
Үөрэн-көтөн олордоҕуна,
Эмискэ бааччы —
Алдьархай
Аллараттан аҕылаан тахсар буолбут,
Үлүгэр
Үөһэттэн үргүйэн түһэр буолбут.

Аллараттан тахсар аргыары
Атахпынан саба үктүөм диэн,
Үөһэттэн түһэр үргүөрү
Үтүлүкпүнэн бүөлүү анньыам диэн,
Хотуттан, соҕурууттан кутуллар
Курас тыыны,
Илинтэн, арҕааттан охсуллар
Идэмэрдээх тыалы
Көхсүбүнэн бүөлүөм,
Түөспүнэн тоһуйуом диэн,
Аан дойду
Аарыма баҕаната аатыран,
Орто дойду
Улуу тулааһына буолан,
Үрүҥ күҥҥэ күлүмүрдүүр
Үс кырыылаах
Мөҥүрүүр Бөҕө бухатыыр
Олорбута эбитэ үһү.
Кини киһи
Киэҥ сыһыытын
Килэрийэр киинигэр,
Арыллар арҕаһыгар,
Баараҕай тиитинэн баҕаналаан,
Толуу тиитинэн тулааһыннаан,
Эттээх тиитинэн эркиннээн,

                                    45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50