Page 40 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 40

ОСТУОРУЙАЛАР

   Остуоруйа диэнинэн норуот бэйэтин баҕатын,
эрэлин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан этэр, кэрэхсээн
истиллэр дьикти-дьиибэ, фантастическай кэпсээн-
нэрэ ааттаналлар. Остуоруйа бүтүн аан дойду үр-
дүнэн бары омукка барыларыгар баар. Ону тэҥэ
сахаҕа эмиэ.

   Үөрэхтээхтэр остуоруйалары ис номохторуттан,
кинилэр туттар ньымаларыттан көрөн наардыыллар:
бииринэн, хамсыыр харамай туһунан остуоруйалар-
га, иккиһинэн, дьиктилээх-дьиибэлээх остуоруйа-
ларга, үсүһүнэн, олох-дьаһах остуоруйаларыгар.

   Ханнык да остуоруйаны көрдөххө, иһиттэххэ, бэрт
боростуой курдук гынан баран, ис номоҕо дириҥ
буолар. Ылан көрүөҕүҥ «Таал-таал эмээхсини». Тол-
куйдаан көрдөххө, ис хоһооно дириҥ. Бу остуору-
йатынан сахаҥ: «Бу аан дойдуга туохтан да күүс-
тээх киһи, туохтан да күндү киһи олоҕо», — диир.
Оттон «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсиҥҥэ»
өлбөт үрдүк оптимизм баар. Бу остуоруйа — «ким
даҕаны, бэл тулаайах, соҕотох, кырдьаҕас мунчаа-
рыа суохтаах, ол эбит буоллаҕына, олох кэрэ, үчү-
гэй өттө үөскүү турар, туохтан да өлбөт, өрөгөйдүүр
эрэ үгэстээх», — диир. Ааҕан, санаан да көрдөххө,
хайдах курдук кэрэ остуоруйаный!

                                                          (Суорун Омоллоон)

                                                          АЙЫМНЬЫ ТҮҺҮЛГЭТЭ

       «Чаачахаан уонна Алаа Моҥус», «Чөркөй икки Хаххан
   икки» саха, «Ким өйдөөҕө» эбээн остуоруйаларын ааҕыҥ.
   Сөбүлээбиккитин дьоҥҥутугар остуоруйалааҥ.

  40
   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45