Page 35 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 35
— Саҥаас, баҕалаан-хомурдуостаан, үөннээн, чиэр-
бэлээн, уу кыыстаан кулу!
Биир түктүйэ тухары, кини көрдөөбүтүн курдук,
үөнү-күрдьэҕэни сыыстаан аҕалбыт. Уол саҥаһыгар
түүтүн аҕалан биэрбит. Саҥаһа, түүтүн анньынан
баран, халлааҥҥа көтөн тахсыбыт.
Куһаҕан Ходьугур били үөнүн дьиэ муҥунан кутан
кэбиспит. Баҕа көтүөлээтэҕин аайы:
— Оо, бөтөкөс, у-у, батакас! — дии-дии оонньоо-
бут. — Алаата, үчүгэйин!
Убайа кэлэн көтөн түспүт.
— Нойоон! Бу туоххунуй? — диэбит.
— Убаай! — диэбит. — Саҥаһым сыыстаан биэртэ.
— Туох иһин итигэстээн биэртэй?
— Түүтүн булан биэртим! Ол манньабар сыыстаан
биэртэ, убаай! Бу күн сиригэр маннык үчүгэй баар
да буолуо дии санаабаппын. Эн даҕаны көрдөххүнэ,
үчүгэйэ суох дуо? — диэбит.
— Саҥаһыҥ ханна баартай?
— Түүтүн анньынан-анньынан баран, халлааҥҥа
көтөн тахсыбыта.
Үчүгэй Үөдүйээн Куһаҕан Ходьугуру таһыйбыт,
тыынын эрэ ордорбут.
Кини, алла-дулла кутуруктаах араҕас атын миинэн
баран, үөһээ дойдуга көтөн тахсар. Сатыы былыкка
тахсыбыта, син сирдээх-уоттаах дойду буолла. Биир
туруорбах дьиэҕэ сылгы чыычааҕа биһиктээх оҕону
бигээн эрэр эбит. Үчүгэй Үөдүйээн көтөн түспүт.
Били сылгы чыычааҕа соһуйан:
— Чии-чии! — дии түспүт. Били чыычаах тыллаах
буолбут.
— Үчүгэй Үөдүйээн! Дьахтаргын батыһан кэллиҥ
дуо? Эн бааргын биллэҕинэ, туох да иннигэр кэлиэ
суоҕа! Кырынаас буол! Оҕотун биһигэр киир. Оҕо-
тун тэһитэ кымаахтаа, оҕо иэрийэ-иэрийэ ытыаҕа.
35