Page 34 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 34

— Нойоон! Убайгар этээйэҕин! Күннэтэ кэлэн
оонньуур буолуохпут! — диэбиттэр.

   — Эдьиийдээр! Этиэм суоҕа! — диэбит.
   Үөлэһинэн көтөн баартар. Уол уотун үрэ сыппыт.
Убайа көтөн түспүт.
   — Күнү-күннэтэ хайдах буолаҥҥын үлэлээбэккин? —
диэбит.
   Кэтэҕин аһыттан сыһа тардан ылбыт, иэнин хас-
таабыт.
   — Ааттыыбын даа, убаай, — диэбит…
   Үлэтин бэйэтэ үлэлээбит. Аһаабыттар-сиэбиттэр.
Утуйбуттар.
   Сарсыарда туран Үчүгэй Үөдүйээн:
   — Үлэҕин үлэлээминэ, эмиэ сытаар эрэ! Сэрэн! —
диэбит. Тахсыбыта буолан баран, былахы буолан,
дьиэ ааныгар сыстан турбут. Куһаҕан Ходьугур тах-
сан сэргэни өрө көрөн турбут. Сэттэ кыталыга кэлэн
эргийэн эрэллэр эбит.
   — Эдьиийдээр, эдьиийдээр! Түһүө, түһүө! Оон-
ньуохпутун-күлүөхпүтүн!
   — Үчүгэй Үөдүйээн убайыҥ баар дуу, суох дуу?
   — Бултуу-алтыы барбыта, барбыта! — диэбит. Ан-
даҕатан-андаҕатан бараннар, түспүттэр. Оонньоо-
буттар. Ортолуу үҥкүүлээн эрдэхтэринэ, Үчүгэй
Үөдүйээн биир бастыҥнарын үрдүгэр түспүт. Алтата
үөлэһинэн көтөн тахсан баартар. Түүтүн үргээн ыл-
быт — үчүгэйкээн кыраһыабай дьахтар буолан хаал-
быт. Били түүтүн Үчүгэй Үөдүйээн кистээн таһааран
тииккэ ыйаан кэбиспит. Дьахтар оҥостон олорбут.
   Биир сарсыарда туран Үчүгэй Үөдүйээн бултуу-
алтыы баран хаалбыт.
   — Нойоон! — диэбит били саҥаһа. — Мин түүбүн
көрөҕүн дуо?
   — Саҥаас, көрөбүн! — диэбит.
   — Төһө манньаҕа ылан биэриэх этиҥ?

  34
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39