Page 33 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 33
мастаабатах, ойбонун алларбатах, дьиэтин таһын
күрпэтэх, уутун баспатах, дьиэтин иһэ хабыс-хараҥа.
— Тоҕо үлэлээбэтиҥ, нойоон?
— Утуйан хаалбыппын, утуйан хаалбыппын.
Кэтэҕин аһыттан сыһа тардан ылан таһыйбыт.
— Ааттыыбын, убаай! — диэбит уол. Онуоха бы-
раҕан кэбиспит. Сылгыларын-ынахтарын аһаппыт-
тар. Бэйэлэрэ аһаабыттар-сиэбиттэр, утуйбуттар.
Сарсыарда туран Үчүгэй Үөдүйээн бултуу-алтыы
баран хаалбыт. Куһаҕан Ходьугур, күрдьэҕин тайах-
танан баран, сэргэни өрө көрөн турбут. Көрдөҕүнэ:
бэҕэһээҥи сэттэ кыталыга эмиэ эргийэн эрэллэр.
— Куһаҕан Ходьугур, нойоон! Үчүгэй Үөдүйээн
убайыҥ бултуу-алтыы барбыта дуу, баар дуу?
Куһаҕан Ходьугур:
— Убайым барбыта, барбыта! Түһүө, түһүө! Бэҕэ-
һээ курдук оонньуохпутун-күлүөхпүтүн.
Түһэн тиийэн кээлтэр. Уоттааҕытын тыаҕа таһаар-
тар, тыатааҕытын уокка киллээртэр, үҥкүүлээбит-
тэр, оонньообуттар. Имнэрэ сүтэн барбыт.
33