Page 36 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 36

Оччоҕуна сүрэхтээх киһи, баҕар, кэлиэҕэ, — диэбит
чыычаах.

   Били эппитин курдук, Үчүгэй Үөдүйээн кырынаас
буолан оҕотун биһигэр киирбит. Оҕону тэһитэ кы-
маахтаабыт, суптурута ытырбыт. Сэттэ кыталык тии-
йэн кэлбиттэр. Били дьахтар түһэн кэлбит, оҕотун
биһигиттэн ылбыт.

   — Оҕом хайдах буолан ытаатаҕай? — диэн баран,
эмиийин эмнэрэ олорбут. Үчүгэй Үөдүйээн били
дьахтар үрдүгэр түспүт. Түүтүн үргээн ылан уоттаан
кээспит. Дьахтара, хабырыттан-хабырыттан баран,
өлөн хаалбыт.

   Дьэ Үчүгэй Үөдүйээҥҥэ иэдээн буолбут. Өссө
үөһэ көтүппүт. Үргэл тойоҥҥо тиийбит. Үргэл тойон
кыыһа Үргүүк удаҕан аҕыс атахтаах алтан араҥас
үрдүгэр үрүҥ көмүс тоһоҕоҕо аҕыс былас аалай сол-
ко аһын эрийэ кэбиһэн баран, кыһыл көмүс тараа-
ҕынан тараана олорор эбит.

   — Үргэл тойон кыыһа Үргүүк удаҕан, эйигин ыла
кэллим! Симэххин-таҥаскын, энньэҕин, сэтиигин
оҥостон олор, — диэбит, талах кымньыы төбөтүнэн
таптаан ааспыт.

   Ый тойоҥҥо көтүтэн испит.
   Ый тойоҥҥо тиийэн кэлбит. Ый тойон кыыһа Ый-
даҥалаах удаҕан аҕыс атахтаах алтан араҥас үрдү-
гэр үрүҥ көмүс тоһоҕоҕо аҕыс былас аалай солко
аһын эрийэ кэбиһэн баран, кыһыл көмүс тарааҕынан
тараана олорор эбит.
   — Ый тойон кыыһа Ыйдаҥалаах удаҕан, эйигин
ыла кэллим! Симэххин, таҥаскын, энньэҕин-сэтии-
гин бэлэмнээн олор! Төннөөрүбүн ылыам! — диэбит,
талах кымньыы төбөтүнэн таптаан ааспыт.
   Аны Күн тойоҥҥо көтүтэ турбут.
   Күн тойоҥҥо тиийэн кэлбит. Күн тойон кыыһа
Күөгэл удаҕан аҕыс атахтаах араҥас үрдүгэр көмүс

  36
   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41