Page 31 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 31
6. Остуоруйа тугунан түмүктэннэ? Ол тугу этэрий?
7. Олоххо буолбаты ааҕар тоҕо интэриэһинэйий?
Тыыннаах тыл
«Тоҕус тоҕойдоох сэлэни тиирбиттэр» диэнтэн са-
ҕалаан, остуоруйа бүтүөр диэри өйтөн этиҥ.
Остуоруйа саҕаланыытын өссө биирдэ өйдөөн
көрүҥ. Эһиги хайдах саҕалыаххыт этэй?
Остуоруйа диэн туох ааттанарын быһааран суруйуҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Сөбүлээбит түгэҥҥитин уруһуйдааҥ.
Бөлөҕүнэн үлэ
Остуоруйа сүрүн санаатын арыйар өс хоһоонун тол-
куйдааҥ.
Сөбүлүүр остуоруйаҕытын ааҕарга көҕүлүүр рекла-
маны оҥоруҥ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Остуоруйаҕа урууну тэрийии үгэһин өйдөөн ааҕыҥ
уонна кэпсэтиһиҥ.
КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР
Бу остуоруйа матыыбынан оҥоһуллубут «Сир симэҕэ»
балет туһунан билэн кэлиҥ.
31