Page 26 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 26

ытаабытыгар: «Бэрдьигэс от буолан кубулунан үүн!
Эйигин Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин бу-
лан ылан, кыыс гынан, Хайҕамсык Хара Хаан тойон
уолугар биэриэх тустаах», — диэбит. Ол оҥорууту-
нан-ыйааҕынан баран ылбытым. Атыны тугу даҕаны
ылбытым буолуо дии санаабаппын.

   — Мин истэн-билэн кэллим. Тыллаах-өстөөх Чоо-
чугур Чуоҕур маҥан ат үҥэр миэхэ: дьахтаргын араа-
ран испиккин. Суолуҥ икки аҥы барыаҕа — илин
диэки суолгар үүс тириитэ ыйаанан турар буолуоҕа
диэбиккин. Эһэ тириитэ ыйаанан турар сиринэн ба-
раайаҕын, үүс тириитэ ыйааммыт суолунан бараар
диэбиккин. Маны умнан кэбиспит — эһэ тириитэ
ыйааммыт суолун устун бара турбут. Тимир дьиэҕэ
тиийэн кэлбитигэр, абааһы кыыһа утары тахсан,
атыттан сууллары тардан түһэрбит, сирэйин тирии-
тин ньылбы тардан ылан, бэйэтин сирэйигэр саба
кэбиһиммит, симэҕин-таҥаһын таҥныбыт-симэм-
мит. Бу абааһы кыыһа кийиит буолан кэлбит! Кини
бу иһин атын илдьэн самнах үөккэ баайбыт эбит —
бэлиэтэ итинэн биллэр. «Абааһы кыыһа кийииккитин
хаҥыл ат атаҕар баайыҥ, оттон уолгутун ый отут хо-
нугун мэлдьи сүүрүктээх ууга оҕустарыҥ, этин-хаа-
нын быртаҕын, үөнүн-көйүүрүн ыраастатыҥ! Ый отут
хонугун тухары хотуттан-соҕурууттан кэлэр көй сал-
гыҥҥа сүрэҕин-быарын оҕустарыҥ!» — диэн этэр бу
ат. Кэргэҥҥин бараҥҥын, ааттааҥҥын ылыаҥ үһү.
Киэр гын бу дьахтары, көрдөрүмэ! Киһини-сүөһүнү
бары сиэҕэ! «Мин этэрбин оҥорбот, абааһы кыыһын
араарбат буоллаххытына, Үрүҥ Айыы тойоҥҥо
үҥүөм!» — диэтэ кийиитим Чоочугур Чуоҕур ата.

   Маны истэн баран, уол бэркэ диэн сааппыт, кут-
таммыт. Сорук-боллур хамначчыт уоллара тордох
иһигэр олорор кийиити атаҕыттан соһон таһааран,
хаҥыл ат атаҕар баайбыт. Бу абааһы кыыһа кийиити

  26
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31