Page 22 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 22
ыҥыырдаабыттар, көмүс үүнүнэн үүннээбиттэр,
көмүс суларынан сулардаабыттар, көмүс кычымынан
кычымнаабыттар, көмүс чаппарааҕынан чаппараах-
таабыттар, көмүс кымньыынан кымньыылаабыттар.
Күтүөт кыыһы сиэтэн таһаарбыт, атыгар мииннэр-
бит, илдьэ барбыт.
Айаннаан испиттэр. Ол иһэн, Хаардьыт Бэргэн:
— Хара тыаҕа саһылым айата баар, мин онно
бардым. Эн бу суол устун бара тур. Суолуҥ икки
аҥыы арахсыаҕа: илин диэкитигэр үүс-киис тириитэ
ыйааммыт, оттон арҕаа диэкитигэр тыстаах, баттах-
таах, мойбордоох* атыыр эһэ тириитэ ыйааммыт
буолуоҕа. Бу үүс-киис тириитэ ыйааммыт илин диэ-
ки суол устун бар! — диэбит.
Ыйан баран, эр киһи саһылын айатын көрө баран
хаалбыт.
Кыыс баран испит, бу ыйыллыбыт суол арахсыы-
тыгар кэлбит. Онно кэлэн умнан кэбиспит, эһэ ти-
риитин ыйаабыт суол устун бара турбут. Туруору
тимир балаҕаҥҥа тиийэн кэлбит.
Дьиэ иһиттэн такымын үрдүнэн тимир лаппааччы
таҥастаах, суос-соҕотох эриллэҕэс атахтаах, түөһүн
тылыгар соҕотох эриллэҕэс илиилээх, сүүһүн хаба
ортотугар соҕотох, сүлүүдэ түннүк курдук, килэгир
харахтаах, сэттэ тимир чапчырҕа тылын түөһүгэр
түһэрбит дьүһүн-бодо бэйэлээх тахсан кэлбит. Ол
тахсан, абааһы кыыһа дьахтары атыттан сууллары
тардан түһэрбит, сирэйин тириитин ньылбы тардан
ылан, сирэйигэр саба кээһиммит, симэҕин-таҥаһын
бэйэтигэр симэммит-таҥныбыт уонна, атын миинэн
баран, бара турбут,
Албастаммыт абааһы кыыһа Хайҕамсык Хара
Хаан тойон дьиэтин таһыгар тиийэн кэлбитин эрэ
кэннэ, Хаардьыт Бэргэн сиппит. Тэһиин тутуохпут
диэн тоҕус уолан киһи, аҕыс кыыс дьахтар тахсан
22