Page 17 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 17
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Чабырҕах туһунан билиигитигэр олоҕуран, ханнык
көрүҥү ордук кэрэхсээбиккитинэн ойуулаан, бэйэҕит ча-
бырҕаххытын айан көрүҥ. Холобурга бэриллибит олук-
тары салгыаххытын сөп.
Биир истэр тэрил,
Икки суруйар уруучука,
Үс суруйар тэтэрээт,
Түөрт суоттуур тэтэрээт…
Эбэтэр
Биир мэник бэдик,
Икки сүүрүк оҕо,
Үс үчүгэй үөрэнээччи,
Түөрт суруксут оҕо…
Эбэтэр
Хары-хаптаҕай
Кинигэ курдук сэһэннээх,
Эмиэ да оонньуу хаата,
Эмиэ да толкуй хаата,
Эмиэ да ойуу хаата
Баар үһү…
17