Page 13 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 13

Түөрт үчүгэй төрүөх, Тоҕус лоҥкур торбос,
     Биэс миинэр миҥэ, Уон улахан оҕус.

   Ахсаан чабырҕаҕы ааҕа үөрэнэригэр оҕо тыла сай-
дарын таһынан өйө, толкуйа, өссө ахсаан үөрэҕин
төрүтүн иҥэринэн, салгыы суоттуу, эбэ, көҕүрэтэ
үөрэнэр дьоҕура сайдар тирэҕэ ууруллар.

   Онтон дьиэ сүөһүтүн, араас үөн-көйүүр быһыы-
тын-таһаатын, хамсаныытын ойуулаан кэрискэ тэҥ
сүһүөхтээх хоһооннорунан наардаан этиилэр тыл
суолтатын, уйулҕатын быһаарарга көҕүлүүллэр, киһи
өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕурун, айар, айымньылаах
толкуйун эрчийэн сайыннараллар. Холобурга норуот
тылынан уус-уран хоһуйар, ойуулуур дьоҕурун үтүө
көстүүтүнэн буолбут «Сылгыны хоһуйуу» чабырҕаҕы
ылан көрүөҕүҥ.

                           Тиис хамсатар
                           Дьэллик элэмэс,
                           Уос хамсатар
                           Уһун улаан,
                           Мурун хамсатар
                           Мускулла буулуур,
                           Иэдэс хамсатар
                           Эргиэлимэ элэмэс,
                           Харах хамсатар
                           Халыан хара,
                           Көҕүл хамсатар
                           Көндөрү көгөччөр,
                           Кэтэх хамсатар
                           Кэнтэли кэрэ,
                           Сиэл хамсатар
                           Сиксиллимэ сиэр,
                           Араҕас хамсатар
                           Адырыын араҕас,
                           Хаппар хамсатар

                                                                                                                     13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18