Page 15 - Литература 5 кылаас 1 чааhа
P. 15

төһө элбэх тылы эппитинэн куоталаһаллара. Онон,
чабырҕах бэрт дьикти, ис кистэлэҥнэрдээх саха но-
руотун тылынан уус-уран айымньытын ураты көрүҥэ.

                                                              (В. А. Ноговицын)

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Д. К. Сивцев—Суорун Омоллоон чабырҕаҕы «тас
       киэбинэн кини хоһоон курдук, ол гынан баран,
       субурҕата кылгас, кэрчик буолар» диэн бэлиэтээ-
       һинигэр «субурҕа» тылы хайдах өйдөөтүгүт? Хан-
       нык суолтаҕа туттуллубутуй?

   2. «Ахсаан чабырҕаҕы ааҕарга үөрэнэригэр оҕо өйө,
       толкуйа, тыла сайдар, өссө ахсаан үөрэҕин төрү-
       түн иҥэринэр» диэн этии төһө олохтооҕуй?

   3. Сылгы ойуутун эбэтэр хаартыскаҕа түһэриини кө-
       рөн олорон, «Сылгыны хоһуйуу» чабырҕах тыл-
       ларын суолталарын ырытыҥ. Өйдөммөт тыллары
       тылдьыт көмөтүнэн быһаарыҥ.

   4. Таабырын чабырҕах ис хоһооно тугуй? Норуот
       хайдах ыаллары күлүүгэ таһаарбытый?

   Ааҕыы, сэһэргэһии

                        Сергей Афанасьевич Зверев—Кыыл Уола

                        Былыргы чабырҕах

                           Этэҕэ-тэтэҕэ,
                           Иэрэҥ-дьиэрэҥ,
                           Холкуй-илкий,
                           Кубулуҥ-дьибилиҥ,
                           Бадыа-бүдүө,
                           Балаҕана дархан,
                           Оонньуур баҕана,

                                                                                                                     15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20